Дедушка начальника МПЧ по охране села Тюнгюлю Байшева Романа Антоновича ОГПС РС (Я) №20 по МО «Мегино-Кангаласский улус» Антон Романович Байшев родился 20 октября 1914 года в селе Дябыл Мегино-Кангаласского района ЯАССР.
До войны работал председателем колхоза. На фронт был призван в июне 1942 года. В числе 50 человек был рекомендован для прохождения курса в танковую школу города Сталинград.
Большую часть курса обучения составляли практические занятия. Уход за танком и вооружением. Обслуживание танка считалось одной из важнейших обязанностей экипажа. После трехмесячного обучения Роман Байшев был зачислен стрелком в танковую часть.
Участвовал в боях за оборону города Мелитополь, в операциях на западной Украине и Польше. В одном из ожесточенных боев получил тяжелое ранение. После лечения в госпиталях Белоруссии и Сталинграда был демобилизован.
Вернулся домой в марте 1944 года и продолжил работу в должности председателя колхоза. Всего 27 лет работал председателем одного из крупных колхозов Мегино – Кангаласского района «Киров». За мужество и отвагу на фронтах войны Антон Романович был награжден орденом Великой Отечественной войны II степени, медалью «За отвагу» и многими другими медалями. Далее, предлагаем вашему вниманию воспоминание участника Великой Отечественной войны Р.А.Байшева:
“Мин 1914 сыл алтынньы 20 күнүгэр Мэӊэ улууһун Дьабыл нэһилиэгэр дьадаӊы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтүм. Начальнай оскуоланы бүтэрэн баран нэһилиэккэ ыытыллар араас үлэлэргэ активнай кыттыыны ылбытым.
1942 с. бэс ыйыгар Кыһыл армия кэккэтигэр ыӊырыллыбытым. Бастаан 72 мм миномекка податчигынан үөрэтэн баран фроӊӊа ыыппыттара. 1942 сыл балаӄан ыйын бүтэһик күннэригэр Москва туһаайыытынан Никольскай диэн куорат чугаһыгар инники кирбиигэ киллэрдилэр. Биһиги урут сэрии буолбут бөӄөргөтүнүүтүгэр тиийэн сыттыбыт. Ол сыттахпытына иһиирэн кэлэн немец снарядтара үлтүрүтэ барыталыыллар. Сотору соӄус буолан баран иннибитигэр баар үрдэли атаакалаан көрөн баран, сүтүктээх төттөрү охсулуннубут. Биһиги минометпутунан хаста да ыттыбыт да, минабыт хана тиийэрин туох да билбэт. Ханнык эрэ түгэӊӊэ минометпут адьас точкатыгар миинэ кэлэн дэлби ыстанна. Хата дьолго, биһиги дириӊ ойоӄос окуопаӄа сытар буолан ортубут. Аӄыйах хонукка кулгаахпынан истибэт буола сырыттым, санчааска киирэн таӄыстым. Биир күн үөрэххэ бараӄын диэн командалаатылар онтон контрольнай сүүмэрдээһини ааһан, 50-ча киһини Сталинградка танковай оскуолаӄа аӄаллылар. Үс ый курдук үөрэттилэр. 1943 сыл от ыйыттан алтынньыга диэри стрелок буолан араас туһаайыыларга сылдьыспытым. Азовскай муора Мелитополь куоратын ылыы адьас чугаһыгар өстөөх улахан оборуонатыгар түбэстибит. Данила Ивановка диэн дэриэбинэни хардары- таары үс төгүл ылсыбыппыт, ити дэриэбинэӄэ киириибитигэр өстөөхпүт противотанковай ограждениелаах, хаһыылаах, миинэлэммит сирдээх, халыӊ оһуобай оӊоһуулаах, огневой точкалардаах буолан үгүс 1 түгү таһаарбыта. Мин иһим хаӊас тараһатыгар снаряд оскуолкатыгар табыллыбытым. Итиннэ биһиги танковай чааспыт күүһэ эстэн, ахсааннаах танка ордубутун атын часка холбообуттара. Миигин санчааска илдьэн эмтээбиттэрэ, тас баас сотору оспута, төттөрү айаннаан Харьков куорат чугаһыгар «Дергачев» диэн тимир суол станциятыгар тохтоппуттара. Саӊа Нижнэй Тагил диэн танковай заводуттан танковай колонна оӊоһуллан кэлиэр диэри 6 ый кэриӊэ олорон баран сааһыары сэриигэ барбыппыт.
Арӄаа Украинаӄа Робенскай уобаласка Робер диэн куорат таһыгар тиийэн баран, биир дэриэбинэӄэ тохтоппуттара. Сүрдээх улахан дэриэбинэни төгүрүктээн баран биһигини биэстии киһини уулусса биирдии өртүнэн, дьиэттэн 18 сааһыттан 60 сааһыгар диэри эр дьону хомуйарга бирикээстээбиттэрэ. Биһиги аӄыйах киһини булбуппут, олор истэригэр Бандера строевой чааһын командирын туппуппут. Ити киһи икки бэстилиэттээх саһан сытара. Дьиэӄэ киирэн ылыы сүрдээх суостаах суол. Бу ыарахан операция иһин миигин «За отвагу» медалынан наӄараадалаабыттара.
Польша границатыгар киирэрбитигэр биһиги танкабытыгар десаннаах этибит. Сүрүн суол кытыытынан баран истэхпитинэ биир бастакытанкабыт Буг өрүскэ тиийбитигэр, өрүс арӄаа өттүттэн артиллерия ыппытынан барбыта. Биһиги танкабыт смотровой хайаӄаһыгар табаннар, командирбыт төбөтүн быһа тэптэрэн сууллан түспүтэ. Икки киһибит бааһырбыттар. Тааӊка ыыс-быдаан, киһи сатаан тыыммат буола түстэ. Арай механик уонна мин сыалай эбиппит, инники люгунан ыстанаммыт буруолуу сытар снаряд боруоӊкатыгар түспүппүт. Иккис танкабыт командира үөһээ люгунан тахсан бинокулунан көрө турдаӄына, курданарыттан үөһээ өттүн снаряд быһа көттө.Нөӊүө биэрэктэн быыстала суох ыталлар эбит. Мин механикпар танканы талах быыһыгар астар диэбиппэр, киһим сиспинэн контузияланным эн астар диэтэ. Мин сүүрэн тиийэн, үөһээ люгунан киирэн танкабын талахха төттөрү астардым. Пулемеппун ороон таһаардым. Круговой оборуоналаах гына танкам ыксатыгар пулеметтаах сыттым. Механигым сыыллан кэллэ. Арай дэриэбинэ диэкитэн биир взвод өстөөх пехотата муоста диэки киирэрдии сырсан иһэллэрин көрдүбүт. Онтон сүбэлэһэн баран танкабытыгар төттөрү киирэн оскуолачнай снарядынан ытардыы бэлэмнэннибит. Мин наводкалаатым. Бастакы ытыыбытыгар пушкабыт эстибэтэ. Онтон киһим спец. ломигы ылан гашетканы дьөлө баттыырын кытта пушка эстэн дэлби ыстанна. Итинник үстэ ыттыбыт, немецтэр атахха биллэрдилэр. Муоста аттынааӄы биһиги десаннарбыт эмиэ уоту аспыттар. Аӄыйах өлүк хаалбыт этэ. Арааһа, таба туһаайбыппыт быһылаах. Иһирдьэттэн кэннибитин көрбөт буолан пулемеппутугар ыстанныбыт. Мин кэннинэн тахсар буоламмын, өлбүт командирым наганын ыллым. Сотору буолаат, илин суолунан өстөөх грузовига муоста диэки ойоӄуспутунан киирдэ. Муостаӄа чугаһаабытыгар броневой дисканан пулеметтаатым, машина моторнай чааһыгар табыллан хорус гына түһэрин кытта, немецтэр ыксаан өрүскэ ыстаннылар. Ону муоста аттыгар сытааччылар хаптаттылар. Сорох ордон хаалбыт немецтэр өрүскэ түһэн тимирбиттэрэ. Өр соӄус буолан баран биһиги аттаах армиябыт тиийэн кэллэ. Дьэ, үөһэ тыынныбыт. Биһиги десаннарбытын кытта икки өлбүт командирдарбытын биир умуһаӄы хаһан, кэккэлэһиннэри балаакканан суулаан көмтүбүт, андаӄарбытын салют биэрдибит. Ити түүн танковай чааспыт өрүһү кэстэрэн туораата. Мин механикпынаан иккиэбит, онон саамай кэнники туораатыбыт. Биһиги атын ремоннаммыт танкаӄа көстүбүт уонна дьоммутун эккирэттибит.
Варшава бэтэрээ өттүгэр Седлен куораты сэриилээһиӊӊэ киирбитим, онно куйахтаах бронепоезд сүүрэ сылдьан прямой наводканан ытыалаан, биһиги танкабыт гөрүүчэйин бааӄар табан, умайан бардыбыт. Оскуолканан көхсүбэр табылынным, танкам иһэ кутаанан өрө кытыаһынна. Көхсүбүн уот сиэн, инники люгунан сиргэ төкүнүйэн түстүм, умуруорунан эрэрбин өйдүүбүн. Биирдэ өйдөммүтүм өстөөхпөр уун-утары сыыллан ахан эрэр эбиппин. Немецтэр окуопалара 40-ча эрэ метр сиргэ хаалбыт. Куорат бэтэрээ өттө умайан кытыастара. Дьэ, өй ылан, төттөрү эргилинним, охто – охто умайан буруолуур танкам ойоӄоһунан, биэрэстэ курдугу төттөрү сүүрэн дэриэбинэӄэ кэллим. Механигым ханна да суох, танкатын иһиттэн кыайан тахсыбакка мэлийдэӄэ. Итинтэн Любомир куорат госпиталыгар, Белоруссия Мозырь куорат, Сталинград куорат госпиталларыгар сыл аӊарыттан ордук сытан эмтэнэн, инвалидка тахсан, 1944 сыл кулун тутарыгар дойдубар кэлбитим. Бу кэнники сэриибэр Аӄа Дойду сэриитин 2-с степеннээх орденынан наӄараадаламмытым».
Этот сайт использует файлы cookie. Продолжая использовать наш сайт, вы автоматически соглашаетесь с Пользовательским соглашением.